Саха сиэрэ-майгыта «Саха сиэрэ-майгыта» диэн саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Ийэ оҕотунаан сэґэргэґэринии судургу тылынан суруллубут кинигэҕэ сахалар омук быґыытынан уратыбытын, итэҕэлбит сµрµн ійдібµллэрин туґунан билсиэххин сіп. Эдэр киһи сахалыы толкуйдаах, сахалыы санаалаах буоларын торумнуур кинигэни ааптар Л.А. Баишева — Федорова саха итэҕэлин үөрэппит ааптардар үлэлэригэр олоҕуран, билиҥҥи саха ыччата өйдүүр гына судургутук, саха киһитигэр чугас баҕайытык чочуйан суруйбут. Кинигэҕэ күннээҕи олохпутугар дьүөрэлии дьиэ кэргэн, төрөппүттэргэ истиҥ сыһыан, аналгын көрсөн ыал буолуу, чэгиэн оҕолонуу, үтүө майгы, үлэҕэ сыһыан, дьаллыктартан дьалты туттуу, сиэрдээх буолуу туһунан ханнык баҕарар киһи олоҕор олус суолталаах өйдөбүллэр арыллаллар, тэттик сүбэлэр бэриллэллэр. «Кыыллар хайдах эбиттэрий?» кыра саастаах оҕолорго аналлаах хоһоон кинигэтэ. Кинигэҕэ суруйааччы Иннокентий Эртюков төрөөбүт дойдубут кыылларын дьүһүннэрин, майгыларын-сигилилэрин, хайдах-туох олохтоохторун туһунан оҕолорго хоһоонунан кэпсиир. Холобур, Эһэ сууйар оҕолорун – Мэниктээн киртийбиттэр, Дьабах сирэй, хоруо мурун, Дьаабы дьоннор эбиттэр. Оҕолоро наадыйбаттар, Суунуохтарын баҕарбаттар. Маннык дьикти, уус-уран эмиэ да олус судургу тылынан өйдөнүмтүөтүк суруллубут хоһооннору оҕолор сэргээн истиэхтэрэ, нойосуус үөрэтиэхтэрэ. Оҕолорун кытары дьарыктаныан баҕалаах төрөппүттэргэ, дьыссаат итээччилэригэр олус наадалаах кинигэ. «Олоҥхо ыллыктарынан айан» мүччүргэннээх остуол оонньуута Оонньууга олоҥхоҕо баар үс дойду сирэ-уота ойууламмыт. Ол бэриллибит үс халлааны эргийэ көтө сылдьан абааһы илимигэр хаптардаххытына, Айыы Умсуур удаҕантан алгыс ылан, Үрүҥ Аар Тойонтон аттары бэлэхтэтэн абааһы бухатыырын кыайыахтааххыт. Онтон да атын сорудахтары толоруоххут, үгүс таабырыны таайыаххыт, араас өс хоһоонун уонна олоҥхо дьоруойдарын туһунан билсиэххит. Осутол оонньуута оҕо олоҥхо туһунан билиитин кэҥэтэр, тылын байытар, толкуйдуур, суоттуур дьоҕурун сайыннарар. Эппиэттэрэ карточка кэннигэр сурулла сылдьаллар. Дьиэ кэргэнинэн оонньуурга, саха тылын уонна литэрэтиирэтин уруоктарыгар туһанарга табыгастаах. «Ахсаан дойдута» Бу оҕо үрдүгүн кээмэйдиир (ростомер) кинигэ истиэнэҕэ ыйаныллар. Кылгас хоһооннор ахсааны үөрэтэргэ, дьэрэкээн уруһуйдар, бэһиэлэй ойуулар сыппараны сөпкө суруйарга, суоттуурга, геометрическай фигуралары түргэнник өйдүүргэ үөрэтиэхтэрэ. Оҕо толкуйдуур, өйгө тутар дьоҕура уонна эт-хаан өттүнэн сайдарыгар олус туһалаах. «Тыын былдьаһыгар» ааҕар кинигэ Тайҕа адьырҕаларын кытта тыҥааһыннаах күөн көрсүү, кии эбэтэр киһи буолар кыл түгэннэр… Бу кинигэҕэ Саха сирин чулуу булчуттара уонна биллиилээх тустууктара Герман Контоев, Петр Бурцев, Владимир Кириллин уо.д.а. өбүгэлэрбититтэн хаалбыт үтүө үгэһи, сиэри-туому тутуһан, тулалыыр эйгэни харыстаан, айылҕа таайыллыбатах кистэлэҥин, дьиктитин да көрсөн, сиргэ, булка сылдьан түбэспит араас мүччүргэннээх, быһылааннаах түбэлтэлэрэ кэпсээн буолан киирдилэр. Ааптар Егор Картузов этэр: Бу кинигэбин уол оҕо иитиитигэр көмөлөөх буоллун диэн суруйдум. Баҕар, биир эмэ уол ааҕан баран, дьиҥнээх эр киһи буоллаҕына, кинигэм сыалын ситтэ дии саныам этэ…» Күндү кинигэни таптааччыларбыт, «Бичик» маҕаһыыннарын аадырыстарын санатабын: Дьокуускай куорат: «Бичик» Бэчээт дьиэтигэр киоск, Орджоникидзе уул., 31 «Бичик» маҕаһыын, Ленин проспегын 9 «Бичик-plus» маҕаһыын. Курашов уул. 24 (Профсойуус дьиэтэ). Улуустарга маҕаһыыннарбыт: Ньурба куората, Бизнес-инкубатор Сунтаар сэлиэнньэтэ, «Лена» атыы дьиэтэ Аллараа Бэстээх, «Сиибиктэ» маҕаһыын Ытык Күөл. Ойуунускай уул. 8. Чурапчы. Октябрьскай уул. 23 Кинигэни ааҕыҥ, билиигитин кэҥэтиҥ. - Россия
- Северо-Западный
-
Центральный
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
- Южный
- Северо-Кавказский
- Приволжский
- Уральский
- Сибирский
- Дальневосточный
Выбрать субъект
Республика Саха (Якутия)
- Все субъекты
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
Күндү ааҕааччыларбыт, «Бичик» саҥа кинигэлэрин билсиҥ!
Саха сиэрэ-майгыта «Саха сиэрэ-майгыта» диэн саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Ийэ оҕотунаан сэґэргэґэринии судургу тылынан суруллубут кинигэҕэ сахалар омук быґыытынан уратыбытын, итэҕэлбит сµрµн ійдібµллэрин туґунан билсиэххин сіп. Эдэр киһи сахалыы толкуйдаах, сахалыы санаалаах буоларын торумнуур кинигэни ааптар Л.А. Баишева — Федорова саха итэҕэлин үөрэппит ааптардар үлэлэригэр олоҕуран, билиҥҥи саха ыччата өйдүүр гына судургутук, саха киһитигэр чугас баҕайытык чочуйан суруйбут. Кинигэҕэ күннээҕи олохпутугар дьүөрэлии дьиэ кэргэн, төрөппүттэргэ истиҥ сыһыан, аналгын көрсөн ыал буолуу, чэгиэн оҕолонуу, үтүө майгы, үлэҕэ сыһыан, дьаллыктартан дьалты туттуу, сиэрдээх буолуу туһунан ханнык баҕарар киһи олоҕор олус суолталаах өйдөбүллэр арыллаллар, тэттик сүбэлэр бэриллэллэр. «Кыыллар хайдах эбиттэрий?» кыра саастаах оҕолорго аналлаах хоһоон кинигэтэ. Кинигэҕэ суруйааччы Иннокентий Эртюков төрөөбүт дойдубут кыылларын дьүһүннэрин, майгыларын-сигилилэрин, хайдах-туох олохтоохторун туһунан оҕолорго хоһоонунан кэпсиир. Холобур, Эһэ сууйар оҕолорун – Мэниктээн киртийбиттэр, Дьабах сирэй, хоруо мурун, Дьаабы дьоннор эбиттэр. Оҕолоро наадыйбаттар, Суунуохтарын баҕарбаттар. Маннык дьикти, уус-уран эмиэ да олус судургу тылынан өйдөнүмтүөтүк суруллубут хоһооннору оҕолор сэргээн истиэхтэрэ, нойосуус үөрэтиэхтэрэ. Оҕолорун кытары дьарыктаныан баҕалаах төрөппүттэргэ, дьыссаат итээччилэригэр олус наадалаах кинигэ. «Олоҥхо ыллыктарынан айан» мүччүргэннээх остуол оонньуута Оонньууга олоҥхоҕо баар үс дойду сирэ-уота ойууламмыт. Ол бэриллибит үс халлааны эргийэ көтө сылдьан абааһы илимигэр хаптардаххытына, Айыы Умсуур удаҕантан алгыс ылан, Үрүҥ Аар Тойонтон аттары бэлэхтэтэн абааһы бухатыырын кыайыахтааххыт. Онтон да атын сорудахтары толоруоххут, үгүс таабырыны таайыаххыт, араас өс хоһоонун уонна олоҥхо дьоруойдарын туһунан билсиэххит. Осутол оонньуута оҕо олоҥхо туһунан билиитин кэҥэтэр, тылын байытар, толкуйдуур, суоттуур дьоҕурун сайыннарар. Эппиэттэрэ карточка кэннигэр сурулла сылдьаллар. Дьиэ кэргэнинэн оонньуурга, саха тылын уонна литэрэтиирэтин уруоктарыгар туһанарга табыгастаах. «Ахсаан дойдута» Бу оҕо үрдүгүн кээмэйдиир (ростомер) кинигэ истиэнэҕэ ыйаныллар. Кылгас хоһооннор ахсааны үөрэтэргэ, дьэрэкээн уруһуйдар, бэһиэлэй ойуулар сыппараны сөпкө суруйарга, суоттуурга, геометрическай фигуралары түргэнник өйдүүргэ үөрэтиэхтэрэ. Оҕо толкуйдуур, өйгө тутар дьоҕура уонна эт-хаан өттүнэн сайдарыгар олус туһалаах. «Тыын былдьаһыгар» ааҕар кинигэ Тайҕа адьырҕаларын кытта тыҥааһыннаах күөн көрсүү, кии эбэтэр киһи буолар кыл түгэннэр… Бу кинигэҕэ Саха сирин чулуу булчуттара уонна биллиилээх тустууктара Герман Контоев, Петр Бурцев, Владимир Кириллин уо.д.а. өбүгэлэрбититтэн хаалбыт үтүө үгэһи, сиэри-туому тутуһан, тулалыыр эйгэни харыстаан, айылҕа таайыллыбатах кистэлэҥин, дьиктитин да көрсөн, сиргэ, булка сылдьан түбэспит араас мүччүргэннээх, быһылааннаах түбэлтэлэрэ кэпсээн буолан киирдилэр. Ааптар Егор Картузов этэр: Бу кинигэбин уол оҕо иитиитигэр көмөлөөх буоллун диэн суруйдум. Баҕар, биир эмэ уол ааҕан баран, дьиҥнээх эр киһи буоллаҕына, кинигэм сыалын ситтэ дии саныам этэ…» Күндү кинигэни таптааччыларбыт, «Бичик» маҕаһыыннарын аадырыстарын санатабын: Дьокуускай куорат: «Бичик» Бэчээт дьиэтигэр киоск, Орджоникидзе уул., 31 «Бичик» маҕаһыын, Ленин проспегын 9 «Бичик-plus» маҕаһыын. Курашов уул. 24 (Профсойуус дьиэтэ). Улуустарга маҕаһыыннарбыт: Ньурба куората, Бизнес-инкубатор Сунтаар сэлиэнньэтэ, «Лена» атыы дьиэтэ Аллараа Бэстээх, «Сиибиктэ» маҕаһыын Ытык Күөл. Ойуунускай уул. 8. Чурапчы. Октябрьскай уул. 23 Кинигэни ааҕыҥ, билиигитин кэҥэтиҥ. 
