Аммаҕа волейболга республикатааҕы аһаҕас турнир ыытылынна Күрэххэ 12 эр дьон, итиэннэ 7 дьахтар хамаандалара икки күн устата күөн көрүстүлэр. Күрэхтэһии Амма улууһугар волейбол көрүҥүн төрүттээччи, өр сылларга тренерынан, физкультура учууталынан үлэлээбит Самсон Федорович Устинов сырдык аатыгар ананна. Самсон Федорович оройуоҥҥа волейбол сайдыытыгар үгүс кылааты кииллэрбитэ. Кини үөрэппит ыччатыттан элбэх чулуу спортсмен үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Күрэхтэһиигэ Дьокуускай, Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы, Хаҥалас, Нам, Уус-Алдан, Уус-Майа уонна Амма улууһун хас да күүстээх хамаандата бөлөҕүнэн уонна эргиир систиэмэнэн икки күн устата күөн көрүстүлэр. Күрэх түмүгүнэн маҥнайгы миэстэни эр дьоҥҥо, итиэннэ дьахталларга дьилээхтэр хамаандалара ылан кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Кыайыылаахтар анал мэтээллэринэн, өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар. Бэлиэтээн эттэххэ бу күрэх 2018 сыллаахха Аммаҕа ыытыыллыахтаах Саха сирин 7-с спортивнай оонььууларыгар бэлэмнии тэрээһин быһыытынан ааста.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""