Бу күннэргэ Кэбээйи уонна Нам оройуоннарыгар уу таһыма үрдүүрэ күүтүллэр Бу күннэргэ Кэбээйи уонна Нам оройуоннарыгар уу таһыма үрдүүрэ күүтүллэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ суһал сулууспатыгар иһитиннэрдилэр. “Өлүөнэ өрүскэ Сангаар бөһүөлэгиттэн аллара муус харыыта бэлиэтэнэр, онон бу күннэргэ уу таһыма 0,7-1,2 миэтэрэ үрдүүрэ сабаҕаланар, бу муҥутуур кирбииттэн 2-2,5 миэтэрэ үрдүк”, – диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Өлүөнэ өрүс мууһа Кэбээйи уонна Нам оройуоннарыгар киирбитинэн сибээстээн, бу күннэргэ Кэбээйи Батамайыгар, Сииттэтигэр, Кальвицатыгар, Арҕаһыгар, Нам оройуонун Арбыныгар (Сыгыннах) уонна Намыгар уу таһыма үрдүөн сөп. – яв
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""