Сунтаарга 2004 сылтан үлэлиир аҕалар сэбиэттэрэ форум ыытта NVK-ONLINE.RU — Кэлиҥҥи кэмҥэ оҕону иитиигэ аҕалар көхтөрүн улаатыннарарга улахан болҕомто ууруллар буолла. Сунтаарга аҕалар сэбиэттэрэ күүскэ үлэлиир. Оҕону иитиигэ аҕалар оруоллара улахан. Станислав Семенов үлэни таптыы улааппыт буолан, икки уол оҕолорун кыра саастарыттан үлэҕэ ыкса сыһыарбыта. Хаһаайыстыбаны көрүүгэ, көтөрдөрү харайыыга, техниканы оҥорууга, булка мэлдьи илдьэ сылдьар. Кини быйылгыттан аҕалар сэбиэттэригэр киирдэ. Аҕалар сэбиэттэрэ Сунтаарга 2004 сылтан үлэлиир. Бу сыллар тухары республикатааҕы аҕалар күрэхтэригэр мэлдьи кыттан, 5 төгүл призер, чемпион аатын ылбыттара. Таһымы өссө улаатыннарар сыалтан улуустааҕы аҕалар форумнара быйыл иккис сылын тэрилиннэ.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""