Мэҥэ Хаҥаласка 61-с төгүлүн ыытыллар култуура уонна спорт эстафетата ураты буолла NVK-ONLINE.RU – Мэҥэ Хаҥаласка үтүө үгэскэ кубулуйбут 61-с төгүлүн ыытыллар култуура уонна спорт эстафетата олунньу 16 күнүттэн саҕаланан ыытылынна. Кулун тутар 3 күнүгэр диэри нэһилиэктэр икки ардыгар спорка, быыстапкаҕа уонна уус-уран самодеятельноска күрэхтэстилэр. Быйылгы тэрээһин уратытынан уус-уран самодеятельноска мюзикл курдук уустук жанры туруоруу буолар. Былырыын эстрада государственнай театра көрөөччүлэригэр саҥа сүүрээни киллэрэн, мюзикл туруоран саҕалаабыт эбит буоллаҕына, аны быйыл Мэҥэ Хаҥалас хас биирдии нэһилиэгэ бу уустук жанры туруорда. Мюзикл ис хоһоонун арыйарга артыыстар уобарастарын толору көрөөччүгэ тиэрдибиттэрэ, сыананы хайдах киэргэппиттэрэ сыаналанар. Үгүс сылларга ыытыллан кэлбит эстафета бырааһынньык кэриэтэ, бу кэмҥэ бары түмсэн, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ ким, туох талааннааҕынан бэйэтин оруолун толорор. Быыс аһыллар, ону кытта үтүө үгэс салҕанан, эдэр көлүөнэ саҥа жанры баһылаан, бэйэтин талаанын арыйар.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""