Сунтаарга икки мэндиэмэннээх Планетарий аһылынна Сунтаар улууһугар быйыл гражданскай көҕүлээһин сыла биллэриллэн, араас хайысхалаах, таһымнаах үлэлэр бараллар. Бу соторутааҕыта Аар Айыы итэҕэлин дьиэтин ааттыгар өссө биир икки мэндиэмэннээх дьиэ Планетарий аатын ылан арылынна. Сунтаардааҕы Аар Айыы итэҕэлин дьиэтэ Кыайыыны уһансыбыт Илья Яковлев, Георгий Федоров, Егор Степанов үтүө ааттарыгар анаммыт кэккэлэһэ турар ыаллыы саҥа дьиэлэннэ. Бу саҥа дьиэ ис суолтата сири, куйаары, сир баайдарын киэҥник анааран кэпсиир-билиһиннэрэр Планетарий буолар. Норуот көҕүлүн туппут бырайыак ааптара, Сунтаардар олус ытыктыыр киһилэрэ, улахан алгысчыттара Августина Яковлева. Планетарий тутуллуутугар көмө буолбут дьоннорунан кини бырааттара Алексей уонна Владимир Яковлевтар буолаллар. Улуус остуоруйатыгар сүҥкэн суолталаах дьиэ бастакы этээһэ Саха сирин эҥин дьикти таастарынан киэргэммит сиртэн хостонор баайын түмэлин быһыытынан үлэтин саҕалыа. Иккис этээскэ куйаары, сулуһу көрөр тэрил, планетабытын үөрэтэр көрүнньүктэр сотору кэминэн өссө эбиллэн, хаҥаан, эдэр ыччакка элбэх билиини биэриэхтэрэ. Малааһыҥҥа ыраахтан-чугастан ыалдьыт олус элбэх. Онтон биирдэстэрэ Саха сирин биллэр худуоһунньуга, биир дойдулаахтара Андрей Чикачев. Бүгүн кини бу дьиэ аһыллыытыгар сабыс-саҥа хартыынатын бэлэх уунар. Сунтаар олоҕор саҥа, сонун көрүүлээх планетарий аһылынна, аны билигин ыччаттан саҕалаан бар дьонугар аана аһаҕас.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""