NVK-ONLINE.RU -Ыччат сылын Таатта улууһун Ытык Күөл бөһүөлэгин эдэр үлэһит дьоно баал тэрийэн көрүстүлэр. Алтыс сылын ыытыллар, хас сырыы аайы таһыма үрдээн эрэ иһэр бу, кэтэһиилээх тэрээһиҥҥэ, Ытык Күөл бастыҥ ыччата түмсэр. Сорудах быһыытынан хас кыттар тэрилтэ биир ис хоһоонноохтук таҥнан, киэргэнэн, остуолларын тардан, хара ааныттан киһи бастыҥы иилэн ылбат кэрэтэ үөскээбит. Пираттар, викиннэр, кэрэ куолар, араас омуктар бары биир көхтөөх эйгэни төрүттээтилэр. Онтон «Кэнчээри» уһуйаанннар Экология уонна Ыччат сылынан «Хомуһуннаах хонуу» диэн тиэмэни талбыттар. Баалга Ытык Күөл ыччатын түмсүүтүн логотиба сүрэхтэннэ. Бу эрдэ биллэриллибит күрэхтэһиигэ барыта 50-тан тахса үлэ киирбититтэн, бастыҥынан Петр Доргуев айбыт бэлиэтэ ааттанна. Значокка түспүт кыайыылаах логотибы бу киэһээ хас биирдии ыччат түөһүгэр иилиннэ. Үгэс курдук баалга ааспыт сыл бастыҥнарын, үлэҕэ, олоххо көхтөөхтөрү үөрэ бэлиэтээтилэр. Бу биллэн турар, өссө саҥа хардыыларга, өссө үрдүк дабайыыларга сирдиир, тирэх буолар. Онон түмсүүлээх Таатта ыччата бу сылга оргуйар олоҕу, көдьүүстээх үлэни мэктиэлиир. - Россия
- Северо-Западный
-
Центральный
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
- Южный
- Северо-Кавказский
- Приволжский
- Уральский
- Сибирский
- Дальневосточный
Выбрать субъект
Республика Саха (Якутия)
- Все субъекты
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
Таатта Ытык Күөлүн түмсүүтүн бэлиэтэ Ыччат баалыгар сүрэхтэннэ
NVK-ONLINE.RU -Ыччат сылын Таатта улууһун Ытык Күөл бөһүөлэгин эдэр үлэһит дьоно баал тэрийэн көрүстүлэр. Алтыс сылын ыытыллар, хас сырыы аайы таһыма үрдээн эрэ иһэр бу, кэтэһиилээх тэрээһиҥҥэ, Ытык Күөл бастыҥ ыччата түмсэр. Сорудах быһыытынан хас кыттар тэрилтэ биир ис хоһоонноохтук таҥнан, киэргэнэн, остуолларын тардан, хара ааныттан киһи бастыҥы иилэн ылбат кэрэтэ үөскээбит. Пираттар, викиннэр, кэрэ куолар, араас омуктар бары биир көхтөөх эйгэни төрүттээтилэр. Онтон «Кэнчээри» уһуйаанннар Экология уонна Ыччат сылынан «Хомуһуннаах хонуу» диэн тиэмэни талбыттар. Баалга Ытык Күөл ыччатын түмсүүтүн логотиба сүрэхтэннэ. Бу эрдэ биллэриллибит күрэхтэһиигэ барыта 50-тан тахса үлэ киирбититтэн, бастыҥынан Петр Доргуев айбыт бэлиэтэ ааттанна. Значокка түспүт кыайыылаах логотибы бу киэһээ хас биирдии ыччат түөһүгэр иилиннэ. Үгэс курдук баалга ааспыт сыл бастыҥнарын, үлэҕэ, олоххо көхтөөхтөрү үөрэ бэлиэтээтилэр. Бу биллэн турар, өссө саҥа хардыыларга, өссө үрдүк дабайыыларга сирдиир, тирэх буолар. Онон түмсүүлээх Таатта ыччата бу сылга оргуйар олоҕу, көдьүүстээх үлэни мэктиэлиир. 
