Горнай улууһугар бу сылга өссө 34 ыал саҥа дьиэҕэ киирээрин күүтэр NVK-ONLINE.RU – Горнай улууһугар хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааманан элбэх квартиралаах таас дьиэлэри тутуу салгыы ыытыллар. Манна 2013 сылтан саҕалаан 4 таас дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбит буоллаҕына, бу сыл иккис кварталыгар 17 квартиралаах уонна 23 квартиралаах 2 таас дьиэ тутуута түмүктэнэн, үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр. Ол курдук билиҥҥи кэмҥэ «Легион ГРК» уонна “Профстрой” тэрилтэлэр күүстээх үлэни ыыталлар. Матырыйаалынан хааччыллыы этэҥҥэ буолан, үлэ тэтимэ бытаарбат, оттон кыһыҥҥы тымныы үлэ хаамыытыгар күчүмэҕэйи үөскэтиэхтээҕэр ордук диэн үлэһиттэр этэллэр. Быйылгы сылга бу бырагырааманан өссө 2 таас дьиэ тутуута былааҥҥа баар. Онон 34 ыал саҥа дьиэ күлүүһүн кэтэһэр. Оттон улуус үрдүнэн реестр үлэтин түмүгүнэн 100 дьиэ аварийнай туруктаах диэн быһаарыллыбыт. Тутуллуохтаах кварталлар бырыайыактара оҥоһуллан, үлэ ыытылларыгар бэлэмнэр, онон улуус олохтоохторо бырагыраама салгыы үлэлииригэр эрэл санаалаахтар.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""