Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр 4 хотон тутулунна NVK-ONLINE.RU — Ааспыт сыл тыа хаһаайыстыбатын салааларыгар бастыҥ көрдөрүүлэрин иһин Ил Дархан 3-түү мөлүйүөннээх Граныгар республика 20 нэһилиэнньэлээх пууна тиксибитэ, ол иһигэр Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэ эмиэ баар. Игидэйдэр бу харчыларын 3 бааһынай хаһаайыстыба уонна «Эрэл» ТХПК хотон тутталларыгар көмө быһыытынан анаабыттар. Манна даҕатан эттэххэ, бу ыйга улууска 10 хотон үлэҕэ киирэриттэн түөрдэ Игидэйгэ тутулунна. Игидэй нэһилиэгэ- улуус биир элбэх сүөһүлээх-сылгылаах нэһилиэгинэн биллэр, манна дьон-сэргэ тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанар, ол да иһин буолуо, сыллата хотон да тутуллар, сүөһү ахсаана да эбиллэр. 20 сыллаах үлэтин кэрдиис кэмин «Эрэл» ТХПК саҥа хотоҥҥо көрсөр. Сыл тахсар оппутун хааччыммыппыт, сүөһүлэр туруктара үчүгэй, үлэлииргэ усулуобуйа тэрилиннэ диэн директор үөрүүтүн үллэстэр. Оттон бу сибилигин аҕай кылбаарыччы сууллубут курдук муосталаах хотон 38 сылын сүөһү иитиитинэн дьарыктанар. Василий Ермолаев быйылгы күһүнү быһа көрсүбүт түбүгүн үтүө түмүгэ. Алексей Попов салайааччылаах «Үүнүү» бааһынай хаһаайыстыбаҕа быйылгы сыл эмиэ саҥа тутууну тосхойдо. Ил Дархан Граныттан көмө харчыга тиксэн, тутуу бэрт түргэнник үмүрүйбүт. Аны кууруссаларга уйа уонна таҥас уларыттар сир эрэ оҥоһуллара хаалла диир хаһаайыстыба бас-көс киһитэ. 50 сүөһү турарыгар анаммыт Захаровтар хотонноро күөлтэн чугас, сүөһү уулууругар бэрт табыгастаах сиргэ тутуллубут. Аныгы матырыйаалынан бүрүллэн сырдык, кэҥэс тутуу буолбут.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""