Амма улууһун Солобуодата 364 сылын туолла Дириҥ силистээх-мутуктаах кырдьаҕас Амма Солобуодатын дэриэбинэтэ бу күннэргэ 364 сылын туолла. 1652 сыллаахха олохтоммут Солобуода күн бүгүн республикаҕа бурдук ыһыытынан дьарыктанар сүрүн тыа хаһаайыстыбатын улууһунан биллэр. Дьоро күн сайын устата ыытыллыбыт үлэ түмүктэрин таһаардылар, Амма үлэһит дьонун чиэстээтилэр. Амма Солобуодатын Күнүн чэрчитинэн сайыҥҥы үлэ түмүктэрин таһаардылар. Ол курдук нэһилиэккэ Тупсарыы сылынан элбэх өрөмүөн үлэтэ ыытыллан, саҥа бетоннаммыт уулуссалар, Нэлэгэр кварталыгар уот подстанцията киирдэ. Эмиэ бу учаастакка 3 элбэх оҕолоох 29 ыалга дьиэ тутталларыгар уһаайбалары түҥэттилэр. Сайын устата ыытыллыбыт “Экология тиэргэнтэн саҕаланар“ диэн дьиэ кэргэн күрэҕэр 3 бастыҥ ыал 30 тыһыынчалаах сертификатынан наҕараадаланна. Манна ыал дьиэтин ис, тас оҥоһуута, оҕуруота, сэдэх дьарыга сыаналанна. Оттон бу күн саамай үөрбүт-көппүт дьоннорунан оҕо-аймах буолла. Кинилэргэ анаан Амма сынньалаҥ пааркатыгар, эдэр ыччат дэриэбинэтигэр саҥа оонньуур площадкалар үлэҕэ киирдилэр. Дьон-сэргэ оҕуруот аһын, дьиэ кыылларын быыстапкатын сэҥээрэн көрдө, араас күрэхтэргэ кыттан, дуоһуйа сынньанна.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""