Хаҥалас улууһугар Нөмүгү тыатыгар Маалтааныга өссө биир сылгы базатын арыйдылар Сылгынан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалар Хаҥалас улууһугар элбииллэр. Саҥа базаҕа 60-ча сылгылаахтар, сүөһү ахсаанын элбэтэр санаалаах үлэни ылыстылар. Нөмүгү нэһилиэгэр сылгы ахсаана 2000 таҕыста. «Нөмүгү» агрофирма уонна 6 бааһынай хаһаайыстыба дьарыктанар. Бу күннэргэ өссө биир хаһаайыстыба арылынна. Громовтар дьиэ кэргэн сир ылан, саҥа база туттан, арыллыы үөрүүлээх сиэрин-туомун тэрийдилэр. Прокопий Николаевич Маалтааныга 90 сыллартан сылгыһыттыыр. Үс уоллааҕа бары кыра эрдэхтэриттэн аҕаларыгар көмө дьоно. Бу баазатын туттарыгар ылынна да аҕыйах ый иһигэр туттан кэбистэ. Билиҥҥитэ Громовтар базаларыгар 36 биэлээхтэр, сүрүн үлэһит кэргэнин быраата Степан буолар. Сыспай сиэллээҕи элбэтэр туһугар Громовтар дьиэ кэргэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Күүстээх санааннан сиэттэрэн элбэх сыл сылгыһыттаабыт киһи бэйэтэ туспа сылгы базатын тэринэрэ хайҕаллаах эрэ суол.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""