Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр 70 миэстэлээх саҥа уһуйаан аанын арыйда NVK-ONLINE.RU – 1 Хомустах нэһилиэгэр «Мичийээнэ» оҕо саад бастакы свайата 90-ус сылларга түспүтэ. Маныаха өр кэтэһиилээх 1174 квадратнай миэтэрэлээх тупсаҕай көрүҥнээх уһуйаан силигин ситэн дьэндэйдэ. Билигин үлэһиттэр саҥа эбийиэккэ киирэннэр дьоҕурдаах оҕолору иитэн таһаарарга бэлэмнэр. Саҥа эбийиэккэ киирээт сырдыгыттан киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Манна кырачаан оҕолор үөрэҕи, оонньууну кытта дьүөрэлээн дьарыктаналларыгар бары усулуобуйа тэриллибит. Эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар хас биирдии группаҕа дьоҕус тренажерка, батуут. Утуйар хосторо киэҥ-куоҥ. Сууналларыгар-тарааналларыгар намыһах үрдүктээх умывальник. 1 Хомустаах нэһилиэгэ дьонун ахсаанынан улахан нэһилиэктэргэ киирсэр. Ити курдук 2 саастарыттан саҕалаан оскуолаҕа үөрэнэ барыахтарыгар диэри оҕо 100% хабылынна. Манны даҕатан эттэххэ улуус дьаһалтата инникитин өссө үгүс уһуйааны арыйарга былаанныыр. Бэлиэтээн эттэххэ улуус дьаһалтатыгар 400 оҕону миэстэннэн хааччыйыахтаахтарын туһунан сорук турбутун ситистилэр. Оттон саҥа уһуйаан үлэһиттэрэ, сайдыы суолун аартыгар үктэнэн үгүс бастыҥ кэнчээри ыччаты кэрэҕэ уһуйан иитэн таһаарыахтара диэн эрэл улахан.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""