Орто Халыма Березовкатыгар тэлгэһэлэр халаан уутуттан босхолоннулар Орто Халыма оройуонугар Березовка сэлиэнньэтигэр халаан уута түһэн, 34 тэлгэһэ ууттан босхолонно. Бу туһунан дойду ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи пресс-сулууспата иһитиннэрэр. “Ууга барбыт тэлгэһэлэргэ уопсайа 185 киһи, ол иһигэр 83 оҕо олорор. Маны тэҥэ 10 киһи, ол иһигэр биир оҕо олорор 4 дьиэтэ ууттан босхолонно. Олохтоохтор бары дьиэлэригэр төнүннүлэр”, – диэн ыксалаах быһыы-майгы министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. Олохтоохтор бары дьиэлэригэр төнүннүлэр, дьиэлэрин куурдан, ыраастаан саҕалаатылар. Нэһилиэнньэҕэ бары өттүнэн көмө оҥоһуллар. Ууну аһардар эбийиэктэри сирийэн көрөр уонна бөҕөргөтөр үлэлэри ыыталлар, салгыы гидрологическай балаһыанньаны кэтээн көрөллөр. Халыма бөлөх оройуоннарыгар билигин даҕаны үс нэһилиэнньэлээх пуун ууга баран олорор: Орто Халыма, Зырянка уонна Үөһээ Халыма. Манна 826 киһи, ол иһигэр 182 оҕо олорор 109 тэлгэһэтигэр уу турар. Эрдэтинэ 246 киһини, ол иһигэр 42 оҕону көһөрбүттэрэ. Ууга барбыт дьон аймахтарынан уонна билэр дьоннорунан олороллор. Ууга барбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга 300 киһиэхэ анаммыт үс быстах кэмҥэ олорор пуун бэлэмнэнэн турар, бу пууннар наадалаах малынан-салынан, аһынан-үөлүнэн уонна эминэн-томунан толору хааччыллыбыттар. Нэһилиэнньэҕэ аадырыстаммыт көмө оҥоһуллар. Халаан кэмигэр быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа бэрээдэги хонтуруоллууллар, медицина үлэһиттэрэ, психологтар дьуһуурустуба олохтууллар. Орто Халымаҕа уопсайа 246 киһи, ол иһигэр 42 оҕо олорор 57 тэлгэһэтэ ууга турар. Эрдэтинэ 246 киһини, ол иһигэр 42 оҕону көһөрбүттэр. Ууга барбыт дьон аймахтарынан уонна билэр дьоннорунан олороллор, быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа аҕыс киһини, ол иһигэр биир оҕону олохтообуттар. Зырянкаҕа 391 киһи, ол иһигэр 88 оҕо олорор 25 тэлгэһэтин уу ылан турар. Дьиэлэр атахха турар буоланнар, биир киһини көһөрбөтүлэр. Үөһээ Халымаҕа 189 киһи, ол иһигэр 52 оҕо олорор 27 тэлгэһэтин уу ылан турар. Дьиэлэр атахха турар буоланнар, биир киһини көһөрбөтүлэр. Маны сэргэ Орто Халымаҕа уонна Зырянкаҕа сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһалара ууга тураллар. -яв//фа
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""