Үөһээ Бүлүү саха төрүт дьарыгын сайыннараччылар Ил Дархан саҥа ыйааҕын биһирииллэр NVK-ONLINE.RU — Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгэр 2014 сылтан төрөппүттэрин утумнаан Сэмэн Барчахов салайааччылаах «Барча» диэн 6 үөрдээх, 53 төрүүр биэлээх бааһынай хаһаайыстыба тэриммиттэрэ билигин улуус биир бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыбатынан биллэр. Билигин олорор бөһүөлэктэриттэн кыһын суоллаах кэмҥэ үс көс икки биэрэстэ онтон сайынын суол суох кэмигэр 9 көс ыраах сытар сиргэ сылгы баазатын тутта сылдьаллар. Барчаховтар барыта 200 оттуур ходуһалаахтар. Онтон 60 тахса гаата дулҕа, талах буолан туһата суох, оттоммот. Онон ыал аҕа баһылыга Уйбаан Барчахов оттуур ходуһатын оҥосторго күүскэ туруна сылдьар. Маны таһынан «Барча» бааһынай хаһаайыстыба туруу үлэһиттэрэ 24 гектардаах быраҕыллыбыт бааһынаны ылан, эргиччи күрүөлээн, үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Инникитин бу бааһынаны оҥостон эбиэс ыһар былааннаахтар.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""