Быйылгы "Азия оҕолоро" Оонньууга национальнай спорт көрүҥэ киирдэ NVK-ONLINE.RU - «Азия оҕолоро» Оонньууга аан бастакынан от ыйын 1 күнүгэр Сирия сүүмэрдэммит хамаандата Саха сиригэр кэлэрэ сабаҕаланар. Оттон атын хамаандалары үгүстэрин 5 чыыһылаҕа күүтэбит. Билигин спортсменнар сборга дьарыктаныыны ааһа сылдьаллар, быйылгы оонньууга олимпийскай көрүҥнэртэн ураты 5 национальнай спорт көрүҥэ киириэҕэ. Амма № 2 орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Ильдар Иванов - оскуола киэн туттар спортсмена. Быйыл уол баҕа санаата туолан, Норуоттар икки ардыларынааҕы "Азия оҕолорун” Оонньууларыгар кыттыа. Кини мас тардыһыыга Саха сирин чиэһин көмүскүүргэ күүскэ бэлэмнэнэр. Мас тардыһыы - саха төрүт оонньуута. Ол эрэн, кэнники кэмҥэ аан дойду таһымыгар биллэн, атын норуоттар спорт бу национальнай көрүҥүнэн күүскэ дьарыктанан эрэллэр. Онон "Азия оҕолорун” Оонньуутугар мас тардыһыыга сытыы киирсиилэр буолуохтара. Быйылгы "Азия оҕолоро” спортивнай түһүлгэҕэ мас тардыһыыны таһынан хапсаҕай уонна ыстаныы киирдэ. Маны таһынан, оҕолор ох саанан ытыыга уонна кураш көрүҥэр бастыҥы быһаарыахтара. Күрэхтэһиигэ саҥа көрүҥнэри Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай комитет анал концепциятыгар олоҕуран киллэрдилэр. Оттон кураш диэн курдаһан тустар Орто Азия омугун төрүт оонньуутугар Саха сириттэн 10 спортсмен киирсиэ. Кинилэр самбо уонна дзюдо хомуур хамаандатын кытта тэҥҥэ бэлэмнэнэллэр. Өскөтүн Орто Азияҕа кураш киэҥник тарҕаммыт буоллаҕына, биһиэхэ сонун көрүҥ диэххэ сөп. Онон оҕолор дьаныардаахтык эрчиллэллэр. Муоматтан төрүттээх Дьулус Слепцов Уус Алдан спорт оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Уол кыра эрдэҕиттэн көҥүл тустуунан дьарыктанар, оттон билигин сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирсэн, ситиһиилээхтик кыттарга дьулуһар. Санатар эбит буоллахха, "Азия оҕолорун” Оонньуулара от ыйын 5-17 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллаллар. Онно 38 тас дойдуттан уонна Россия 8 регионуттан 4000 киһи кыттара былааннанар, ол иһигэр 16 уонна онтон кыра саастаах 2800 спортсмен 22 спорт көрүҥэр киирсиэхтэрэ.. Быйылгы тэрээһин "Азия оҕолорун” оонньууларын историятыгар саамай далааһыннаах буолара күүтүллэр.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""