NVK-ONLINE.RU – Кэбээйи улууһун сайдыыта тыа хаһаайыстыбатыттан тутулуктаах. Билигин бу оройуон нэһилиэктэрин уонна улуус киинин ылар буоллахха, олохтоохтор сүөһү, сибиинньэ, сылгы, таба, куурусса, күндү түүлээҕи иитиитинэн дьарыктаналлар. Улуус баһылыгын Игнатий Спиридонов сыллааҕы отчуотугар эппитин курдук кэнникинэн эдэр дьон, эдэр ыал тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанара элбээтэ. Ааспыт сыл тухары “Саҕалаан эрэр фермер” уонна “Дьиэ кэргэн фермер” федеральнай бырагыраамалары туһананнар, 8 саҕалаан эрэр дьон уонна биир дьиэ кэргэн билигин үлэлии сылдьаллар. Былырыын улууска 5 саҥа хотон үлэҕэ киирдэ: Кэбээйи, Куокуй, Тыайа, Сииттэ уонна Мукучу нэһилиэктэригэр. Саҥа хотоннор бары аныгылыы матырыйаалларынан тутуллубуттар. Үксүлэрэ гаһынан ититинэллэр. Сайылык СХПК МТС саҥа хотоно 50 хороҕор муостааҕы батарар. Хаһаайыстыбаны эдэр ыаллар Дьяконовтар тутан олороллор. Кинилэр тэрилтэлэрэ экспериментальнай буолан үлэлии турар. Улууска хаһаайыстыба тэриниэн баҕалаахтары өйүүллэр. Быйылгыттан оҕуруот аһын, үүнээйини олордооччулары элбэтэр былаан баар. Баҕалаах дьон көһүннүлэр, олордор сир баар. Онон сылы түмүктүүр тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар өссө эбиллэн, оҕуруот аһын бородууксуйатын атыыга таһаарыахтара турдаҕа. - Россия
- Северо-Западный
-
Центральный
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
- Южный
- Северо-Кавказский
- Приволжский
- Уральский
- Сибирский
- Дальневосточный
Выбрать субъект
Республика Саха (Якутия)
- Все субъекты
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
Кэбээйигэ Бурятияттан кэлбит ынахтары иитэллэр
NVK-ONLINE.RU – Кэбээйи улууһун сайдыыта тыа хаһаайыстыбатыттан тутулуктаах. Билигин бу оройуон нэһилиэктэрин уонна улуус киинин ылар буоллахха, олохтоохтор сүөһү, сибиинньэ, сылгы, таба, куурусса, күндү түүлээҕи иитиитинэн дьарыктаналлар. Улуус баһылыгын Игнатий Спиридонов сыллааҕы отчуотугар эппитин курдук кэнникинэн эдэр дьон, эдэр ыал тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанара элбээтэ. Ааспыт сыл тухары “Саҕалаан эрэр фермер” уонна “Дьиэ кэргэн фермер” федеральнай бырагыраамалары туһананнар, 8 саҕалаан эрэр дьон уонна биир дьиэ кэргэн билигин үлэлии сылдьаллар. Былырыын улууска 5 саҥа хотон үлэҕэ киирдэ: Кэбээйи, Куокуй, Тыайа, Сииттэ уонна Мукучу нэһилиэктэригэр. Саҥа хотоннор бары аныгылыы матырыйаалларынан тутуллубуттар. Үксүлэрэ гаһынан ититинэллэр. Сайылык СХПК МТС саҥа хотоно 50 хороҕор муостааҕы батарар. Хаһаайыстыбаны эдэр ыаллар Дьяконовтар тутан олороллор. Кинилэр тэрилтэлэрэ экспериментальнай буолан үлэлии турар. Улууска хаһаайыстыба тэриниэн баҕалаахтары өйүүллэр. Быйылгыттан оҕуруот аһын, үүнээйини олордооччулары элбэтэр былаан баар. Баҕалаах дьон көһүннүлэр, олордор сир баар. Онон сылы түмүктүүр тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар өссө эбиллэн, оҕуруот аһын бородууксуйатын атыыга таһаарыахтара турдаҕа. 
