Элбэх оҕолоох ыаллар сир оннугар харчынан ылар кыахтаннылар Элбэх оҕолоох ыаллар үһүс оҕоҕо көрүллэр сир оннугар харчынан ылыахтарын сөп. Ол эрэн итинтэн хайатын талалларын от ыйын 1 күнүгэр диэри быһаарыныахтаахтар. Ол курдук, дьиэ кэргэттэр босхо учаастактарын ылбакка эрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын икки бүк эбиллибит сууматын туһанар бырааптаахтар. Билиҥҥи туругунан, Саха сирэ олохтообут дьиэ кэргэн сертификатынан үс оҕолоох ыалларга 139 тыһ солкуобай ананар. Оттон босхо учаастактан аккаастанар буоллахтарына, 278 тыһ солкуобай счеттарыгар түһэр. Бэлиэтээн эттэххэ, 122 ыал сир оннугар харчынан төлөбүр ыларга сайабылыанньа түһэрдэ. “Бу ыаллар өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын туһамматах буолуохтаахтар. Ону тэҥэ үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕолоро 2017 сыл ахсынньы 31 күнүн иннитигэр төрөөбүт буолуохтаах”, – диэн СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин дьиэ кэргэҥҥэ уонна демографическай политика олоххо киириитигэр отделын салайааччыта Сардана Самсонова эттэ. –фа
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""