Тааттаҕа Идэһэ бырааһынньыгар 15 бааһынай хаһаайыстыба кытынна Тааттаҕа 2014 сылтан ыытыллар Идэһэ бырааһынньыга дьон-сэргэ харчытын суоттанан, атыытын былааннаан кэтэһэр күнэ буолла. Быйылгы эт-ас атыытыгар 15 бааһынай хаһаайыстыба бэйэтин бородууксуйатын аҕалан батарда. Быйылгы тэрээһин кэҥэс дьиэҕэ-уокка ыытыллан, урукку курдук олус үөмэхтэһии, аалыҥнаһыы үөскээбэтэ. Ол эрэн, Баайаҕатааҕы Баай ас уонна «Дэлэгэй» лааппы таһыгар тута харахха быраҕыллардыы, көрдөрбүтүнэн үгүс киһи үмүөрүстэ. Дэлэгэйдэр атыылара сонун уонна бэлэм астаммыт көрүҥэ элбэх буолан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр аччаттылар. Дьон биир үксүн эти былдьаһа атыыласта. Убаһа этин сыаната былырыыҥҥыга тэҥ 350 солк. буоллаҕына, ынах этин 450 солкуобайтан түһэрбэтилэр. Этэ суох сатаммат дьон тэҥинэн, харчыны кэрэйбэккэ атыыласпыт элбэх. Эт ас дэлэй буоллаҕына, быйыл балык аҕыйах. Дьон өрүс балыга атыыга кэлбэтэҕин соһуйа бэлиэтииллэр. Оттон өрүстээх дьон Чымынаайылар: «Балык соччо барыа суоҕа дии санаабыппыт, сыыспыппыт», — дииллэр. Онон быйылгы Идэһэ күнүттэн сорох күннээҕитин, сорох сыллааҕытын булунна. Онтон бааһынай хаһаайыстыбалар дьон тугу көрдүүрүн, ирдиирин эһиилгигэ өссө дэлэтэн аҕалыахтара.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""