Бүлүүгэ быйыл Улуу Кыайыы 72 сылын түөрт сэрии бэтэрээнэ көрүстэ NVK-ONLINE.RU – Бэҕэһээ дойду үрдүнэн киэҥ далааһыннаахтык Кыайыы 72 сыла бэлиэтэннэ. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар Өрөгөй парада, митинг буолуталаатылар. Улуу Кыайыы күнэ Бүлүү дьонугар күүтүүлээх күндү бырааһынньык. Бырааһынньыгы көрсө, улуус дьаһалтатыгар Кыайыы Знамятын туруордулар, үөрүүлээх мунньах уонна чүмэчи ууруута буолла. Онтон ыам ыйын 9 күнүнээҕи парадка ытыктанар бэтэрээннэр кытыннылар, ыччакка эҕэрдэлэрин анаатылар. Бэлиэтээн эттэххэ, Бүлүү улууһуттан Аҕа дойду сэриитигэр 1988 киһи ынырыллан барбыта. Онтон 1059 киһи эргиллибэтэҕэ. Күн бүгүн Бүлүү улууһугар 4 сэрии бэтэрээнэ баар.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""