Үөһээ Халыма уонна Зырянка ууттан босхолоннулар Үөһээ Халыма оройуонун Үөһээ Халыма уонна Зырянка нэһилиэнньэлээх пууннара ууттан бохолоннулар. Халыма өрүһүн уутун таһыма түһэ турар. Бу туһунан СӨ ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, Зырянка бөһүөлэгэр суукка иһигэр 139 киһи, ол иһигэр 27 оҕо, олорор тоҕус тэлгэһэтэ ууттан босхолонно. Манна билигин ууга турар тэгэһэ, олорор дьиэ суох. Оттон Үөһээ Халыма сэлиэнньэҕэ суукка иһигэр 47 киһи, ол иһигэр биэс оҕо, олорор тоҕус тэлгэһэтэ ууттан босхолонно. “Ол гынан баран, Зырянка көтөр-түһэр балаһатын сирэ ууга баран турар. Маннык балаһыанньа сылын аайы тахсар, тоҕо диэтэр көтөр-түһэр балаһа Халыма өрүс биэрэгиттэн чугас сытар”, – диэн ыксаллаах быһыы-майгы миниистэристибэтэ иһитиннэрэр. Ону таһынан, быһааччылар бэлиэтээбиттэринэн, манна ыраастаныы уонна дьиэлэри куурдар, чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытыллаллар. Быһааччылар өттүлэриттэн нэһилиэнньэҕэ бары өттүттэн көмө оҥоһуллар. Ууну оботторор тутууну бэрэбиэркэлиир, бөҕөргөтөр үлэлэри олохтууллар, ону тэҥэ гидрологическай балаһыаньаны кэтээн көрөллөр. Халыма бөлөх оройуоннарыгар ууга баран турар Орто Халыма куората, Орто Халыма оройуонун Налим сэлиэнньэтэ уонна Аллараа Халыма оройуонун Походскай сэлиэнньэтэ хааллылар. Ити үс нэһилиэнньэлээх пууннарга 286 киһи, олортон 75 оҕо, олорор 77 тэлгэһэтэ, ол иһигэр үс дьиэ быыстаан ууга былдьаннылар. –с//фа
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""