NVK-ONLINE.RU – Аан дойдутааҕы кэрэ аҥаардар күннэригэр сөп түбэһиннэрэн Үөһээ Бүлүү улууһугар иккис төгүлүн «Алаас Хотуна –Далбар Хотун» күрэх үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Иккис төгүлүн ыытыллар кэрэ аҥаардар күрэхтэригэр 50 үөһээ саастаах, кэргэннээх, үстэн элбэх оҕолоох, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал мааны күн-күбэй ийэлэрэ, эбэлэрэ кытыннылар. Ол курдук улуус кииниттэн, нэһилиэктэртэн 9 кыттааччы «Далбар Хотун» үрдүк ааты ылар иһин илин-кэлин түһүстүлэр. Кэрэ аҥаардар бары да сүрдээх мындырдара, сатабыллаахтара, уран тарбахтаах иистэнньэҥ буолалларын «Айылгым бэлэҕэ – талба талааным» диэн иккис түһүмэххэ көрдөрдүлэр. Күрэх ирдэбилинэн «Сандалы бэлэхтэрэ» диэн үһүс түһүмэххэ алаһа дьиэ хаһаайкалара, бэйэлэрин кэтэх хаһаайыстыбаларын бородууксуйатынан уонна дьиэ кэргэн аҕа баһылыга бултаабыт булдуттан астаабыт аһылыктарын остуол хотойорунан бэлэмнээбиттэрин дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруордулар. Өргүөт нэһилиэгиттэн кыттыбыт Тамара Павлова мааны сандалытыгар өрүү да буоларын курдук быартан оҥорбут салаата инники күөҥҥэ турда. Түмүккэ бары түһүмэххэ чаҕылхайдык кыттыбыт, 4 уол күн күбэй ийэтэ, кырачаан сиэннэр эйэҕэс эбэлэрэ, Хоро нэһилиэгиттэн кыттыбыт Сусанна Еремеева «Алаас Хотуна – Далбар Хотун» үрдүк ааты ылыан ылла. Күрэх кыайыылааҕар Сусанна Еремееваҕа уонна Ороһу нэһилиэгиттэн кыттыбыт Наталья Кривошапкинаҕа эһиил Туймаада туонатыгар ыытыллар «Далбар Хотуҥҥа» кыттар сертификаттары ытыс доҕуһуолунан туттардылар. - Россия
- Северо-Западный
-
Центральный
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
- Южный
- Северо-Кавказский
- Приволжский
- Уральский
- Сибирский
- Дальневосточный
Выбрать субъект
Республика Саха (Якутия)
- Все субъекты
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
Үөһээ Бүлүүгэ күн күбэй ийэлэр, эйэҕэс эбэлэр «Алаас Хотуна-Далбар Хотун» күрэхтэрэ ыытылынна
NVK-ONLINE.RU – Аан дойдутааҕы кэрэ аҥаардар күннэригэр сөп түбэһиннэрэн Үөһээ Бүлүү улууһугар иккис төгүлүн «Алаас Хотуна –Далбар Хотун» күрэх үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Иккис төгүлүн ыытыллар кэрэ аҥаардар күрэхтэригэр 50 үөһээ саастаах, кэргэннээх, үстэн элбэх оҕолоох, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал мааны күн-күбэй ийэлэрэ, эбэлэрэ кытыннылар. Ол курдук улуус кииниттэн, нэһилиэктэртэн 9 кыттааччы «Далбар Хотун» үрдүк ааты ылар иһин илин-кэлин түһүстүлэр. Кэрэ аҥаардар бары да сүрдээх мындырдара, сатабыллаахтара, уран тарбахтаах иистэнньэҥ буолалларын «Айылгым бэлэҕэ – талба талааным» диэн иккис түһүмэххэ көрдөрдүлэр. Күрэх ирдэбилинэн «Сандалы бэлэхтэрэ» диэн үһүс түһүмэххэ алаһа дьиэ хаһаайкалара, бэйэлэрин кэтэх хаһаайыстыбаларын бородууксуйатынан уонна дьиэ кэргэн аҕа баһылыга бултаабыт булдуттан астаабыт аһылыктарын остуол хотойорунан бэлэмнээбиттэрин дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруордулар. Өргүөт нэһилиэгиттэн кыттыбыт Тамара Павлова мааны сандалытыгар өрүү да буоларын курдук быартан оҥорбут салаата инники күөҥҥэ турда. Түмүккэ бары түһүмэххэ чаҕылхайдык кыттыбыт, 4 уол күн күбэй ийэтэ, кырачаан сиэннэр эйэҕэс эбэлэрэ, Хоро нэһилиэгиттэн кыттыбыт Сусанна Еремеева «Алаас Хотуна – Далбар Хотун» үрдүк ааты ылыан ылла. Күрэх кыайыылааҕар Сусанна Еремееваҕа уонна Ороһу нэһилиэгиттэн кыттыбыт Наталья Кривошапкинаҕа эһиил Туймаада туонатыгар ыытыллар «Далбар Хотуҥҥа» кыттар сертификаттары ытыс доҕуһуолунан туттардылар. 
