NVK-ONLINE.RU - Чөл олоҕу, суолга сэрэхтээх буолууну көҕүлүүр «Автоледи» күрэҕэр быйыл кыттааччы ахсаана үгүһэ суох эрээри, бэрт тыҥааһыннаахтык ааста. Уопсайа 4 кэрэ аҥар тэрээһиҥҥэ кыттарга баҕа санааларын биллэрэннэр, аан маҥнай суол быраабылатын теориятын туттардылар. Итиэннэ Намнааҕы автодромҥа тиийэннэр массыыналарынан, эрийэ-буруйа айаннаатылар итиэннэ парковкаланнылар. Маны тэҥэ миэстэтигэр дьүүллүүр сүбэ тимир көлө тас көрүҥүн сыаналаата. Бэлиэтээтэххэ үгүстэрэ массыыналарын сахалыы тыыннаах киэргэппиттэр. Оттон Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин олохтооҕо Екатерина Соловьева түүннэри-күнүстэри бэлэмнэммит түмүгэр барыларыттан ордук чорбойдо. Салгыы Хамаҕатта нэһилиэгэр конкурс кытттыылаахтара бэйэлэрин кытары билиһиннэрдилэр. Итиэннэ суолга хараҥа кэмҥэ, оҕолор олохторугар кутал суоһаабатын туһугар бэйэлэрин илиилэринэн оҥорбут светоотражающай элеменнарын дьүүллүүр сүбэ иннигэр көрдөрдүлэр. Маны сэргэ суоппарга сыһыаннаах боппуруостарга хоруйдаатылар. Оттон саамай тыҥааһыннаах түһүмэҕинэн буолла ырыа матыыбын таайыы. Түмүккэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, Хамаҕатта нэһилиэгиттэн төрүттээх Аэлита Местникова бастакы миэстэни таҕыста. Оттон Гран-При үрдүкү ааты, 4 оҕолоох дьиэ кэргэн амарах ийэтэ Екатерина Соловьева ылары ситистэ. Бэлиэтээтэххэ инники күөҥҥэ тахсыбыттар республика таһымнаах «Автоледи» конкурсугар Нам улууһун чиэһин көмүскүөхтэрэ. - Россия
- Северо-Западный
-
Центральный
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
- Южный
- Северо-Кавказский
- Приволжский
- Уральский
- Сибирский
- Дальневосточный
Выбрать субъект
Республика Саха (Якутия)
- Все субъекты
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
Нам улууһун киинигэр суоппар дьахталлар икки ардыларыгар «Автоледи» күрэх ыытылынна
NVK-ONLINE.RU - Чөл олоҕу, суолга сэрэхтээх буолууну көҕүлүүр «Автоледи» күрэҕэр быйыл кыттааччы ахсаана үгүһэ суох эрээри, бэрт тыҥааһыннаахтык ааста. Уопсайа 4 кэрэ аҥар тэрээһиҥҥэ кыттарга баҕа санааларын биллэрэннэр, аан маҥнай суол быраабылатын теориятын туттардылар. Итиэннэ Намнааҕы автодромҥа тиийэннэр массыыналарынан, эрийэ-буруйа айаннаатылар итиэннэ парковкаланнылар. Маны тэҥэ миэстэтигэр дьүүллүүр сүбэ тимир көлө тас көрүҥүн сыаналаата. Бэлиэтээтэххэ үгүстэрэ массыыналарын сахалыы тыыннаах киэргэппиттэр. Оттон Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин олохтооҕо Екатерина Соловьева түүннэри-күнүстэри бэлэмнэммит түмүгэр барыларыттан ордук чорбойдо. Салгыы Хамаҕатта нэһилиэгэр конкурс кытттыылаахтара бэйэлэрин кытары билиһиннэрдилэр. Итиэннэ суолга хараҥа кэмҥэ, оҕолор олохторугар кутал суоһаабатын туһугар бэйэлэрин илиилэринэн оҥорбут светоотражающай элеменнарын дьүүллүүр сүбэ иннигэр көрдөрдүлэр. Маны сэргэ суоппарга сыһыаннаах боппуруостарга хоруйдаатылар. Оттон саамай тыҥааһыннаах түһүмэҕинэн буолла ырыа матыыбын таайыы. Түмүккэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, Хамаҕатта нэһилиэгиттэн төрүттээх Аэлита Местникова бастакы миэстэни таҕыста. Оттон Гран-При үрдүкү ааты, 4 оҕолоох дьиэ кэргэн амарах ийэтэ Екатерина Соловьева ылары ситистэ. Бэлиэтээтэххэ инники күөҥҥэ тахсыбыттар республика таһымнаах «Автоледи» конкурсугар Нам улууһун чиэһин көмүскүөхтэрэ. 
