Амма улууһугар «Амма сакурата» тылынна NVK-ONLINE.RU - Аммаҕа Короленко хайатыгар сайын саҕаланыыта Япония сакуратыгар майгынныыр сибэккилэрдээх Амма Сакурата дьикти кэрэ көстүүтүнэн күн дьонун үөрдэ үүнэр. Научнай аата “рододендрон даурский” диэн. Онтон дьон-сэргэ Амма сакурата –диэн ааттаабыттара тыл номоҕор хайы үйэ киирэн, анал аат буолан алыастанан тарҕаммыт. Амма сакурата сандаара тыллыытын аны сыл аайы оҕо-аймах, дьон-сэргэ сэргии кэтэһэр буоллулар. Рододендра сибэккитэ атын үүнэйилэртэн эрдэ тыллан баран 10 эрэ хонук турар.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""