«Удьуор учууталлар» туһунан кинигэ сүрэхтэннэ NVK-ONLINE.RU — Республикаҕа да улууска да удьуор учуутал дьиэ кэргэттэр, аймах дьон элбэхтэр. Кинилэр ортолоругар 1000 тахса сыл үлэ стажтаах Брызгаловтар династиялара баар. Бу саҥа тахсыбыт буруолуу сылдьар кинигэҕэ олорон-үлэлээн ааспыт аҕа көлүөнэ дьон уонна Саха Республикатын учуутал династиятын аатын сүкпүт 28 учуутал олоҕо-үлэтэ сырдатылынна. Бу династия бастакы көлүөнэ саҕалааччыта, нуучча тылын уонна литературатын учууталынан 30 сыл устата бэриниилээхтик үлэлээбит Брызгалова Варвара Петровна буолар. Балтараа сыл устата матырыйааллары түмэн, тиһэн бу кинигэ күн сирин көрөрүгэр үлэлэспит Брызгаловтар династияларын өрө тутааччы, 42 сыл Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах орто оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан үлэлээбит Брызгалова-Свинобоева Татьяна Петровна, бу кинигэ удьуор утуму салҕааччыларга бэлэх буолла диэн санаатын үллэстэр. Брызгаловтар династияларын салҕааччы, эдэр учууталлартан биирдэстэрэ Майатааҕы В.П.Ларионов аатын сүгэр орто оскуолаҕа иккис сылын физкультура учууталынан үлэлиир Темир Сыдыкбеков, билиҥҥи үйэҕэ учуутал оруола улахан суолталаах диэн бэлиэтиир. Киэҥ Брызгаловтар аймахтара өссө да кэҥээн, ууһаан учуутал буолар үрдүк ааты сүгэн, кэнэҕэстии кэнчээри ыччаттар төрүттэрин ааттарын ааттата туруох тустаахтар.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""