Уус Алдаҥҥа быраҕыллыбыт бааһынаны сөргүтэн, туораахтаах култуураны ыһаллар NVK-ONLINE.RU – Туораахтаах култуураны үүннэриинэн утумнаахтык дьарыктанан кэлбит Уус Алдан улууһун Өлтөх нэһилиэгэ кэлиҥҥи кэмҥэ үлэтэ намтыы сылдьыбыт хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэн, быйыл саас 300-тэн тахса гектар сири сөргүтэн, ыһыы үлэтин саҕалаата. Улахан ыһыллыы кэмиттэн 90-с сыллартан бэттэх кыаҕын ылбатах “Бэйдиҥэ” бурдук хаһаайыстыбата быйыл саас сирдэрин сөргүтэн, сааскы хорутуунан 300-тэн тахса гектар сири таҥастаан, бу күннэргэ сэлиэһинэй, эбиэс ыһыытын түмүктээн эрэллэр. Күн бүгүн ыһыы үлэтигэр 5 улахан техника, 12 үлэһит таҕыста. Саҥа сөргүтүллэн үлэлээн эрэр хаһаайыстыба кыһалҕата үгүс. Маныаха урукку кэмнэргэ кыахтаахтык үлэлээн кэлбит хаһаайыстыбаны өйөөн, быйыл өрөспүүбүлүкэ, улуус дьаһалтата биир ситимнээх үлэни күүскэ ыытар былааннаахтар. Идэлээхтэр бэлиэтииллэринэн, Өлтөх сирэ-уота туораахтаах култуураны ыһыыга бары өттүнэн табыгастаах. Ол курдук, бэйэ-бэйэлэриттэн чугас сытар бааһыналар иэннэрэ улахана, сирдэрэ киэҥэ итиэннэ соҕуруу сытар нэһилиэк буоларын быһыытан сэлиэһинэй, эбиэс эрдэлээн ситэрэ – барыта үлэ тахсыылаах буоларыгар тирэх буолар. Туораахтар сиргэ түстүлэр. Аны саҕаламмыт үлэ тэтимин ыһыктыбакка бардар, маныаха уйгулаах угут сайын туран биэрдэр, быйыл күһүн көмүс солотуулаах сэлиэһинэйдэр ситэн сириэдийиэхтэрэ.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""