Саха сиригэр биэс дьокутаат боломуочуйата тохтоото СӨ борокуратуурата Хаҥалас уонна Муома оройуоннарын дьокутааттара дохуоттарын, үптэрин-малларын уонна баайга-дуолга сыһыаннаах эбээһинэстэрин туһунан сибидиэнньэлэри биэрэллэрин бэрэбиэркэлээтэ уонна сокуон кэһиитин булла. Онон болдьох иннинэ биэс дьокутааты боломуочуйаларыттан босхолоотулар. Бу туһунан борокуратуура пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Хаҥалас оройуонун “1-кы Малдьаҕар нэһилиэгэ”, “ 2-с Малдьаҕар нэһилиэгэ”, “5-с Малдьаҕар нэһилиэгэ”, Муома оройуонун “Улахан Чыыстай национальнай нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллиилэр дьокутааттара бэйэлэрин уонна кинилэр кэргэттэрин, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорун дохуоттарын, ороскуоттарын, баайдарын-дуолларын туһунан сибидиэнньэни түһэрбэтэхтэр. Бу хоруупсуйаны утары олохтоммут сокуону кэһии буолар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн борокуратуура сокуону кэһиини туоратар туһунан көрүүлэри киллэрдэ. Борокуруор аахталара көрүлүннэ уонна ылылынна, сокуон ирдэбилин кэспит быыбарданан талыллыбыт биэс дьокутаат боломуочуйалара больдох иннинэ тохтоото. – ом//яв
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""