Айсен Николаев: Тааттаҕа халаан содулун туоратарга күргүөмнээх үлэ ыытыллар Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Таатта оройуонугар халаан содулун туоратар күргүөмнээх үлэ салҕаныа. Билигин нэһилиэнньэлээх пууннарга социальнай эбийиэктэри, олорор дьиэлэри уонна дьон-сэргэ олоҕор наадалаах араас тутуулары чөлүгэр түһэрэр, маны сэргэ халаантан улаханнык эмсэҕэлээбит, киһи кыайан олорбот дьиэлэр боппуруостарын быһаара охсор наада. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев Таатта оройуонугар сырыытын кэмигэр эттэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Харбалаахха уонна Чымынаайыга киһи олороруттан ааспыт дьиэлэр боппуруостара аан маҥнайгынан турар. “Эмсэҕэлээбиттэр истэригэр кыра дохуоттаах элбэх оҕолоох ыаллар бааллар, биллэн турар кинилэргэ көмөлөһүөхпүт”. “Халаантан эмсэҕэлээбит дьон дьиэ тутталларыгар туоһу суругу ылалларын туһугар федеральнай таһымҥа туруорсуохпут. Үөрүүлээҕэ диэн нэһилиэккэ уонна оройуоҥҥа эмсэҕэлээбит дьон докумуоннарын хомуйалларыгар көмөлөһөллөр эбит. Эмсэҕэлээбит дьоҥҥо дьиэ боппуруоһун быһаарыахпыт диэн эрэнэбин”, – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Маны таһынан Айсен Николаев эбэн эппитинэн, нэһилиэнньэ уонна баһылыктар туруорсубут боппуруостарынан, чопчу сорудахтар бэриллиэхтэрэ. “Кыһалҕа араас: электричество уотуттан саҕалаан, сибээһи чөлүгэр түһэриигэ тиийэ. Эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ халаан содулун туоратарга үлэ номнуо ыытылла турар уонна салҕанан барыа”, – диэн эттэ.-яв
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""