Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Эдуард Яковлев сырдык аатыгар волейболга бастакы аһаҕас турнир ыытылынна Эдуард Иванович Яковлев Бэдьимэ орто оскуолатыгар 1987 сыллаахтан бастаан военруктаан, кэлин физкультура учууталынан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбит. Оҕолору воллейболга, саахымакка, дуобакка угуйан дьарыктыыра. Бэдьимэ оскуолата волейбол көрүҥэр куруутун бастакы күөҥҥэ сылдьара. Бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ уопсайа 11 улуус хамаандалара, ол иһигэр Чурапчы уонна Хаҥалас дэгиттэр воллейболистара кытыннылар. Эдуард Иванович спортзалыгар иккис дьиэтин курдук сылдьара. Өрөбүллэргэ, каникулларга буоллун куруутун дьиэтигэр олорбокко нэһилиэк эдэр ыччатын, оҕону тһмэн дуобакка, саахымакка, воллейболга кһрэхтэһиилэри тэрийэрэ. Олохтоох дьаһалта көмөтүнэн «Спортка анаммыт олох» диэн ааттаах, Эдуард Иванович олоҕун үлэтин туһунан ахтыылартан турар кинигэ бэчээттэммит. Эдуард Иванович үлэтин чыпчаалынан 2012 сыллаахха ыытыллыбыт бэһис Азия оҕолоро норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга иитиллээччитэ Дьулустан Варламов үрүҥ көмүс мэтээлэ Мэҥэ спордун историятыгар көмүс буукубаларынан суруллан турар. Воллейболунан төрдүс кылаастан дьарыктанан, хаһан да бырахпакка дьарыктаныам диир. Бу курдук күрэхтэһии кыттылаахтар илин-кэлин түсүһэн кыайылаахтар ааттанан улуус, нэһилиэк дьаһалтатын бириистэринэн наҕараадаланнылар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу күрэхтэһии тиһигин быспакка, үгэскэ кубулуйан сыллата ыытыллара былааннанар.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""