«Манчаары оонньууларыгар» кыттарга сүүмэрдиир түһүмэхтэр салҕаналлар NVK-ONLINE.RU – 20-с үбүлүөйдээх «Манчаары оонньууларыгар» кыттарга сүүмэрдиир түһүмэхтэр салҕаналлар. Бу күннэргэ Уус Алдан улууһугар буолуохтаах улахан дьоҥҥо мас тардыһыытыгар күрэххэ Бүлүү спортсменнара күүскэ бэлэмнэнэллэр. Быыппастар былчыҥ күүрэр, эт-хаан эргиирэ күүһүрэр дьарык саалатыгар бэлэмнэнии бүтэһик күннэрэ. Үөһээ Бүлүү спортсменнара 20-с үбүлүөйдээх «Манчаары оонньууларыгар» мас тардыһыыга сүүмэрдиир түһүмэххэ киирсэргэ бэлэмнэр. Манна күннэтэ икки тренер эр дьону, дьахталлары уонна оскуола оҕолорун тус-туспа бириэмэнэн аттаран дьарыктыыллар. Оттон оскуола оҕолоругар сүүмэрдиир түһүмэх кулун тутар саҥатыгар ыытыллыахтаах. Онон путевка иһин киирсэргэ толору бэлэмнээх буоларга өссө даҕаны бириэмэ баар. Үөһээ Бүлүү хамаандатын сорох састааба Дьокуускайга бэлэмнэнэ сылдьар. Оттон манна эдэр спортсменнар оҕо эрдэхтэриттэн мас тардыһыы албастарыгар такайбыт тренердэригэр кэлэн дьарыктаналлар. Ол курдук Мирнэйгэ үөрэнэр устудьуоннар Дьулус уонна Ариан каникулларын кэмигэр кэлэн, төрөөбүт дойдуларын чиэһин көмүскээри бэлэмнэнэллэр. Тренердэр этэллэринэн, саалаҕа дьарыктанарга бары усулуобуйа баар. Оттон сыралаах үлэ түмүктэрэ бэрт сотору кэминэн сүүмэрдиир түһүмэххэ көстүөҕэ.
Читать новость полностью на сайте "НВК "Саха""