Олунньу 24-26 күннэригэр Анаабыр улууһугар Саха Республикатын Правительствотын комиссията Омуков Виктор Викторович салайааччылаах Сааскылаах уонна Үрүҥ Хайа бөһүөлэктэригэр оччуоттаан бардылар. Оччуот маҥнай улуус киинигэр Сааскылаахха Правительство делегацията 2015 сыллаах үлэтин түмүгүн докладынан саҕаланна. Онтон оччуот иккис чааһыгар боппуруос биэрии, этии киллэрии буолла. Сарсыныгар делегация долган норуота түөлбэлээн олорор нэһилиэгэр Үрүҥ Хайаҕа тиийэн 4 квартиралаах эдэр специалистарга диэн анаан тутуллубут саҥа дьиэ аһыллыытыгар ыалдьыттаатылар. Ону тэҥэ объектарынан сырыттылар. Ол курдук, балык оҥорор сыахха, Үрүҥ Хайа орто оскуолатыгар социалистическай үлэ геройун Илья Константинович Спиридонов түмэлигэр уонна саҥа тутулла сылдьар объектары көрдүлэр. Онтон салгыы киэһэ «Хэйро» культура киинигэр толору заллаах нэһилиэнньэҕэ оччуот саҕаланна. Анаабыр олохтоохторо уматыгынан хааччыйыыга, авиабилет уонна ас-үөл сыаната үрдүгүн, интернет, сибээс бытаанын, мөлтөҕүн, нэһилиэнньэҕэ эминэн хааччыйыы суоҕун, хочуолунай ыарахаттарын уонна да атын боппуруостары суругунан уонна бэйэлэрэ ыйытан биэрдилэр. Олохтоохтор икки нэһилиэгинэн Правительство оччуотун, үлэтин истэн үчүгэйинэн сыаналаатылар. Инникитин кыра, улахан ыарахаттар, кыаллыбыакка турар боппуруостар быһаарыллыахтара диэн эрэллээх хааллылар. - Россия
- Северо-Западный
-
Центральный
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
- Южный
- Северо-Кавказский
- Приволжский
- Уральский
- Сибирский
- Дальневосточный
Выбрать субъект
Республика Саха (Якутия)
- Все субъекты
- Белгородская область
- Брянская область
- Владимирская область
- Воронежская область
- Ивановская область
- Калужская область
- Костромская область
- Курская область
- Липецкая область
- Москва
- Московская область
- Орловская область
- Рязанская область
- Смоленская область
- Тамбовская область
- Тверская область
- Тульская область
- Ярославская область
Анаабыр улууһугар ситэриилээх былаас ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаарар отчуоттара бардылар
Олунньу 24-26 күннэригэр Анаабыр улууһугар Саха Республикатын Правительствотын комиссията Омуков Виктор Викторович салайааччылаах Сааскылаах уонна Үрүҥ Хайа бөһүөлэктэригэр оччуоттаан бардылар. Оччуот маҥнай улуус киинигэр Сааскылаахха Правительство делегацията 2015 сыллаах үлэтин түмүгүн докладынан саҕаланна. Онтон оччуот иккис чааһыгар боппуруос биэрии, этии киллэрии буолла. Сарсыныгар делегация долган норуота түөлбэлээн олорор нэһилиэгэр Үрүҥ Хайаҕа тиийэн 4 квартиралаах эдэр специалистарга диэн анаан тутуллубут саҥа дьиэ аһыллыытыгар ыалдьыттаатылар. Ону тэҥэ объектарынан сырыттылар. Ол курдук, балык оҥорор сыахха, Үрүҥ Хайа орто оскуолатыгар социалистическай үлэ геройун Илья Константинович Спиридонов түмэлигэр уонна саҥа тутулла сылдьар объектары көрдүлэр. Онтон салгыы киэһэ «Хэйро» культура киинигэр толору заллаах нэһилиэнньэҕэ оччуот саҕаланна. Анаабыр олохтоохторо уматыгынан хааччыйыыга, авиабилет уонна ас-үөл сыаната үрдүгүн, интернет, сибээс бытаанын, мөлтөҕүн, нэһилиэнньэҕэ эминэн хааччыйыы суоҕун, хочуолунай ыарахаттарын уонна да атын боппуруостары суругунан уонна бэйэлэрэ ыйытан биэрдилэр. Олохтоохтор икки нэһилиэгинэн Правительство оччуотун, үлэтин истэн үчүгэйинэн сыаналаатылар. Инникитин кыра, улахан ыарахаттар, кыаллыбыакка турар боппуруостар быһаарыллыахтара диэн эрэллээх хааллылар. 
